Киһи барыта уруулаах-аймахтаах, ол эрэн аймахтарбытын сахалыы ким диэн ыҥырарбытын билбэт түгэн эмиэ баар буолуон сөп. «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын 5, 6 кылааһын үөрэнээччилэригэр аймах-уруу сахалыы ааттарын үөрэтэр сыаллаах уруогу ыытта. Бу күн оҕолор: Уруу-аймах сахалыы ааттарын билистилэр. Тургутук оонньууга оонньоотулар. Оонньуу кыайыылаахтара бириистэринэн наҕараадаланнылар. Дьиэлэригэр, […]
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх кэрэ-бэлиэ күннэрдээх сыл ааһан эрэр, ол курдук ССРС саҕана 1973 сыллаахха тэриллибит ВИА «Мичил — 76» быйыл 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир дьоллоох түһүлгэтэ буолан ааста. Айылҕаттан талааннаах музыкант Руслан Андрианович Соловьев Мырылаҕа эдэр ыччаттары түмэн ыллаан-туойан саҕалаабыттара. Оччолорго музыкальнай инструменнар кэмчи кэмнэригэр бэйэлэрэ оҥостон, пионерскай барабааҥҥа о.д.а оонньоон, ыллаан-туойан нэһилиэнньэ кутун […]
Сэтинньи ый 22 күнүгэр, сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин, П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын 5-6 кылааһын үөрэнээччилэригэр иччилэр туһунан библиотечнай уруок ыытта. Саха итэҕэлинэн туохха барытыгар иччи баар. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка иччини маннык диэн быһаараллар: Киһиэхэ үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөптөөх тыын. Уот иччитэ. Уу иччитэ, Тыа иччитэ. Аал уот оттон иччилэри аһаталлара. Бу уруокка оҕолор туох барыта […]
Алтынньы ый 3 баскыһыанньата Саха сиригэр — Ийэ күнүнэн бэлиэтэнэр. Ийэ күнүгэр анаммыт декада чэрчитинэн нэһилиэкпит иһинэн бэрт сэргэх тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол курдук, күн күбэй ийэлэргэ анаан кофе-брейк, тупсаҕай көстүүлээх фотозона тэрилиннэ. Соловьев нэһилиэгин тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччы Марфа Гаврильевна Николаева Саха сиригэр ийэ күнүнэн ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ. Бырааһынньыктааҕы кэнсиэргэ Леонид Собакин, Саргылана […]
Оҕо төрөөбүт тылынан ааҕарын көҕүлүүр «Төрөөбүт тыл биһигэ» киин сахалыы ыйдары билиһиннэрэр сыалтан көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаал бэлэмнээн, алтынньы ый 15 чыыһылатыгар, П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын 3, 4 кылааһын үөрэнээччилэригэр библиотечнай уруок ыытта. Оҕолор бу күн сахалыы ыйдар ааттарын билистилэр, бэрээдэктэрин үөрэттилэр. Сахалыы ыйдар суолталарын үөрэтэр видеороликтаах куар кодтары, шпаргалка халандаарга бэрээдэгинэн сааһылаан сыһыардылар. Куар кодтары […]
Алтынньы 2-3 күннэригэр 23 төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өбугэ оонньуута» саха төрүт көрүҥнэрин күрэҕэр оҕолорбут ситиһиилэрэ: Ол курдук 5 түһүмэх түмүгүнэн: 11 кылаас кыргыттарыгар Айгуль Прокопьева муҥутуур кыайыылааҕа буолары ситистэУолаттарга Марк Никитин эмиэ муҥутуур кыайыылаах аатын ылла. 9-10 кылаастарга уолаттарга Саша Ушканов муҥутуур кыайыылаах буолары ситистэ, кыргыттарга Алина Оболкина — бронза призера буолла. «Боотур кыһата» интернат […]
Сылгыһыт өҥүрүк куйааһы, бытарҕан тымныыны аахсыбакка, Дьөһөгөй оҕотун, сыспай сиэллээҕи биэбэйдиир. Дьиҥ тулуурдаах эрэ дьоннор бу идэни талаллар. Ыарахан үлэҕэ ис сүрэхтэн бэринииилээх эрэ буоллахха, сылгыһыт үрдүк аатын тутаҕын. Өбүгэлэрин ытык дьарыгын харыстаан илдьэ сылдьар сылгыһыт дьоммутугар дириҥ ытыктабылбытын тиэрдэбит уонна кинилэринэн киэн туттабыт! Алтынньы ыйын 1 күнүгэр Мырыла мааны ытык сиригэр-уотугар, үтүөкэн дьоннор үөскээбит дойдуларыгар […]
1998 сыл күһүнүгэр нэһилиэкпит биир саамай киэҥ туттар биллиилээх саха учуонайа, литературовед, фольклорист, поэт, переводчик Георгий Митрофанович Васильев 90 сааһыгар ананан, Иннокентий Иннокентьевич Собакин көҕүлээһининэн бастакы сэргэ турбута. Сэргэни Иннокентий Иванович Сергеев оҥорбута. Онтон быйыл Чэппиэдэй Амматыгар — Мырылаҕа үөрэх кыһата аһыллыбыта 100 сылыгар анаан бырааттыы Васильевтар — сырдыгы саҕааччыларын, киэҥ суолга сирдээччилэрин: Васильев Петр […]
П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата 100 сыллаах үбүлүөйэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Араас сыллардааҕы выпускниктар мустаннар оскуола иһигэр оҥоһуллубут П.М.Васильевка аналлаах рекреация аһыллыытыгар сырыттылар. Выпускниктар стендэлэрин көрөн үөрдүлэр-көттүлэр. «Көлүөнэ көрсүһүүтэ» кылаас чааһыгар сырыттылар. Үөрэммит оскуолаларыгар, учууталларыгар ис-сүрэхтэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр. «100 сыл. Кэскилбит биһигэ — Мырылам оскуоалата» кинигэ уонна «Үйэлээх үөрэх 100 сыллаах суола» киинэ презентациялара […]
Алтынньы 5 күнэ — Учуутал күнэ. Ытыктабыллаах Соловьев нэһилиэгин учууталлара, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, педагогтар!Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибит!Хас биирдии оҕо дьылҕатыгар, кини киһи быһыытынан чочуллуутугар, төрөппүттэри сэргэ, учуутал сабыдыала улахан. Учуутал оҕоҕо билиини-көрүүнү тиэрдэр, иҥэрэр, үөрэнээччи толкуйдуур, айар-тутар дьоҕурун сайыннарар, ону тэҥэ, дьоһун, сиэрдээх киһи буола улаатарыгар кыһаллар. Биһиги оскуолабытыгар үөрэтии таһымыттан, хаачыстыбатыттан оҕолор инники дьылҕалара, идэни […]

