Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

Илиибит сылааһа Мырылаттан.

  • 30.01.2024
  • 409
  • 1

Тохсунньу 28 күнүгэр, П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатыгар, улууспутугар Ыал Саргыта сыл чэрчитинэн ыытыллар «Талисман Победы» СВО сылдьар байыастарбытыгар анаан көстүүмнэри тигии күрэҕэр биһиги нэһилиэктэн «Күбэйэ» Анна Николаевна Хомподоева салайааччылаах дьахтар түмсүүтэ туруорбут «Мырыла» хамаандата аналлаах таҥастары тигэн улууска ыыттыллар. Куонкурус сүрүн ирдэбилинэн: нэһилиэктэн 6 киһилээх хамаанда, кыттааччы 15 сааһыттан үөһэ ким баҕалаах, сатабыллаах, биир формалаах буолуу. «Мырыла» Хамаанда састаабыгар киирдилэр: Хоютанова Надежда Лаврична, Николаева Наталья Михайловна, Кириллина Капиталина Александровна, Собакина Христина Алексеевна, Собакина Евдокия Степановна, Хоютанова Венера Ивановна. Улуус комиссията көрөн миэстэни быһаардаҕына салҕыы кыайыылаахтар республикаҕа күрэххэ барыахтара.

Бу күрэххэ дьахталлар бэлэм выкройканан 3 набору (7 предметтаах) быһан, тиктилэр:

  1. Баккы – 1 кэмпилиэк,
  2. Флисовай көстүүм – 1 кэмпилиэк,
  3. Бэргэһэ (балаклава) – 1 устуука,
  4. Куллуку – 1 пара,
  5. Мөһөөччүк – 1 устуука.

Уран тарбахтаах кэрэ аҥардарбытыгар ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

1 комментарий

  • Лидия
    30.01.2024

    Маанылаах кэрэ кийииттэрбитигэр үрдүк ситиһиини баҕарабын. Маладьыастаар 👏👏👏😍💓

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *