Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

Афиша событий и мероприятий

Свежие новости

Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 131 сыла.

… Үс саха төрүөҕэр, Үөрүүлээх күнүгэр Мин ырыам ылланыа… Мин аатым ааттаныа… … Кэриэһим кэннибэр хааларым Кэхтибэт кэрэкэ тылларым… Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) 1893 с. сэтинньи 11 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Поэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-учуонай, общественнай уонна государственнай деятель. Саха сирин суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын бастакы бэрэссэдээтэлэ. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата. Бастакы хоһооно […]

Сайыҥҥы ааҕыы.

5+5+5=15 Сайын кинигэ  ааҕар үчүгэй! Биир ыйга 5 кинигэни аахтаххына, күһүн, балаҕан ыйыгар дылы 15 кинигэни ааҕыаҥ! 1 кылаас Хоһооннор: Бахсылыырап Уйбаан. Сайылыгым барахсан. Анастасия Егорова. Сибэккилэр. Кондратьев Ариан. Биэбэйчээннэрим. Сиэн Кынат. Дьикти мин тулам Иннокентий Сосин. Эһэлээҕим тиэргэнигэр Туйаарыскай Константин. Иэхэй – чуохай. Петр Дмитриев- Туутук. Оҕо саас мичээрэ. Сыроватскай Иннокентий. Күн мичээрдэр.                             […]

Оҕо — олохпут суолтата.

Оҕо көмүскэлин күнүнэн П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын оҕо саадын быйыл бүтэрэр 5 выпускник оҕолорго көрдөөх-нардаах оонньуулар ыытылыннылар. Оонньуу хас да түһүмэхтэн турда, ол курдук өйү, илии моторикатын, логиканы сайыннарар сыаллаах ыытылынна. Кырачааннар бары олус көхтөөхтүк оонньоотулар, үөрдүлэр-көттүлэр. Кыайыылаахтар бары бирииһинэн наҕараадаланнылар. Күндү кыра көмүстэрбит этэҥҥэ сылдьаргытыгар, кытаанах доруобуйаны, үөрэххитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!

#СилаКниги

Ыам ыйын 27 чыыһылата — арассыыйа үрдүнэн бибилэтиэкэ күнэ. Бу күн бибилэтиэкэбитигэр #СилаКниги аахсыйа ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев 2024 сылы оҕо сылынан биллэрбитинэн, П.М.Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын интэринээтин иитиллээччилэрэ, Илана Афанасьевна уонна Иван Иванович салайааччылардаах бэрт сэргэхтик кытыннылар. Интэринээт биир бастыҥ иитиллээчитэ Сайаана Борисова, Татьяна Титовна Брызгаева уонна Дмитрий Никитич Собакин суруйбут «Сүрэххэ […]

Доҕордоһуу, эйэлээх буолуу.

Ыам ыйын 14 күнүгэр П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Доҕордоһуу, эйэлээх буолуу» тиэмэтигэр библиотечнай урок ыытылынна. Урок хардыытыгар оҕолор бары көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Даҕатан кэпсээтэххэ доҕордоһуу сүрүн быраабылатын кытта билистилэр. Олоххо көрсүллэр араас түгэннэргэ хайдах быһыыланыахха сөбүн бэйэлэрин санааларын олус үчүгэйдик быһаардылар. Бэйэлэригэр түмүк оҥоһуннулар. Уонна онтон да атын оонньууларга оонньоотулар. […]

1

Улуу кыайыы күнүгэр анаан ТОК оонньуу!

Быйыл Улуу кыайыы 79 сылыгар анаан тэрилтэлэр икки ардыларыгар «Толкуйдаа, онньоо, кыай!» өй күрэҕэр бастакы миэстэни М.И. Макарова аатынан амбулаторнай балыыһа уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба ылары ситистилэр, иккис миэстэни пиэнсийэлээхтэр түмсүүлэрэ ыллылар, үһүс миэстэни П.М.Васильев аатынан Соловьевтааҕы орто оскуола ылла. Ону тэҥэ «Ким да умнуллубат туох да умнуллубат!» кинигэ выставката турда. Маны таһынан сылын ахсын […]

Е. А. Борисов аатынан архыып-библиотека Чурапчы улууһугар аһылынна.

Кулун тутар 12 чыыһылатыгар, Чурапчы улууһугар, Ленина 28 уулуссатыгар, Е. А. Борисов аатынан, аныгылыы, билиҥҥи олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр оҥоһуулаах, 2 этээстээх, таас библиотекабыт үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Бу эбийиэги «Өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө дьыала «Мин Сахам Сирэ XXI үйэҕэ» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай «Комплексное развитие сельских территорий» программанан оҥоһулунна. Библиотека иһигэр 25, уонна иккис этээскэ, 13 миэстэлээх ааҕар саалалар, […]

Кэрэ аҥардар күннэрэ.

Кулун тутар 8 күнүгэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр Сибирякова Евдокия Семеновна «Сахалыы түөскэ кэтэр симэх», Яковлева Лена Егоровна «Сирэйи, илиини сөптөөхтүк көрүүгэ-харайыыга» маастар кылаастары ыыттылар. Уонна олохтоох библиотека «Далбар Хотун» кинигэ, сурунаал быыстапкатын туруорда туруорда. Ол кэннэ ылбаҕай ырыалар, көрдөөх — нардаах онньуулар, караоке, үҥкүү — битии СААСКЫ МИЧЭЭРДЭР шоу программа ыытылынна. Кэрэ аҥардарбытыгар куруутун […]

Алыптаах ырыа дьоро киэһэтэ.

Кулун тутар 6 күнүгэр култуура дьиэтигэр алыптаах ырыа дьоро киэһээтэ буолан ааста🎤🎼🌟Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, аптаах-алыптаах куоластаах Кылаан-Кындыл 💫🎤🌟Дьон кутун туппут мааны куоластаах, эдэр, талааннаах Иоганн Матвеев💫🎼 🎷Дьоро  киэһээни киэргэттилэр, дьон дуоһуйа сынньанан үөрдүлэр-көттүлэр🎷🎉💥 Ырыа-тойук аргыстаах ыалдьыттарбытыгар махтанабыт!

Аан дойду дьахталларын күнүгэр ананан ыытыллыбыт пятиборье.

Кулун тутар 6 чыыһылатыгар Аан дойду дьахталларын күнүгэр ананан ыытыллыбыт пятиборьеҕа уопсайа 11 кэрэ аҥар кытынна. Пятиборье көрүҥнэрэ: дартс, сыал ытыыта, тыксаан, мээчиги корзинаҕа быраҕыы, быаны түргэнник эрийии. Олус тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн дартска 1м хаһаайкатынан Валентина Дмитриевна буолла, Антонина Владимировна 2м, Ирина Ивановна 3м. Сыал ытыытыгар Валентина Дмитриевна 1м ылары ситистэ, Сардаана Григорьевна 2м, Лариса […]