Саҥа дьыл сандалыта
Духуопкаҕа буспут чыыр.
Чыыр балыгы ириэрэн, ыраастаан баран сууйабыт уонна иһин-таһын лимон уутунан сотобут. Ол кэннэ сүөгэйгэ туус, хара биэрэс кутан булкуйан баран балыкпытыгар сыбыыбыт. Ол кэнниттэн 180 С сылыйбыт духуопкаҕа 35 мүнүүтэ уган буһарабыт. Сүмэһиннээх олус минньигэс буолар, хортуосканы эбэтэр ирииһи кытта сиэххэ сөп.
Помидортан тымныы оҕонньоттор
Помидордары хаартыскаҕа курдук быһабыт уонна истэрин ыраастыыбыт. Сыыры бытархай гына теркалаан баран хойуу сүөгэйгэ булкуйабыт уонна помидордарбыт истэригэр угабыт. Төгүрүк биэрэһинэн харахтарын, кыһыл биэрэһинэн муннуларын, майаныаһынан бытыктарын оҥоробут уонна сэлээппэлэрин кэтэрдэн кэбиһэбит. Маннык тымныы оҕонньоттору оҕолор олус сөбүлээн сииллэр.
Духуопкаҕа буспут хаас
Хааспытын астыырга хартыыһаҕа туус, хара биэрэс кутан үчүгэйдик сотобут, онтон дьаабылыка уксууһунан иһин таһын эмиэ үчүгэйдик сотобут. Ол кэнниттэн 3ч туруорабыт. Дьаабылыканы бытархай гына кырбаан баран хааспыт иһигэр угабыт. Таһын соевай соуһунан сотон аналлаах салапааҥҥа (рукавка) угабыт уонна 150С сылыйбыт оһоххо 2ч туруорабыт. Салапааммыт үөһэ өттүн хайытан баран тохтубут сүмэһинин үрдүгэр кута-кутабыт өссө биир чаас саһарчы буһуор дылы туруорабыт. Хааспыт олус сымнаҕас уонна минньигэс буолар.
Семгалаах туорт
150гр хортуоппуйу, 3 сымыыты, 100гр моркуобу буһаран бэлэмниибит. Туорт оҥорор халыыпка сулуойунан уурабыт. Хас араҥа аайы майаныастыырбытын умнубаппыт. Ол курдук бастаан бытархай гына кырбаммыт хортуоппуйу, онтон семга балыгы ол кэнниттэн күөх луугу кутабыт. Сымыыттары бытархай гына кырбыыбыт уонна майаныаһы кытта холбоон баран кутабыт. Онтон теркаламмыт моркуобу эбэн майаныаһынан сотобут уонна ордубут балыгынан туорпут үрдүн киэргэтэбит, олус минньигэс уонна кэрэ көстүүлээх туорт бэлэм буолла.
Мандарин салат
2 ууллубут (плавленный) сыыры теркалыыбыт уонна онно теркаламмыт 2 сымыыты, 1 өлүү чесногу бытархай гына кырбаммыт укуруобу уонна майаныаһы кутан буккуйабыт. Буспут моркуобу теркалаан баран ас пленкатын үрдүгэр тэнитэбит. Онно начыыммытын төгүрүтэн уурабыт. Төгүрүк гына быһыылаан баран моркуоппутугар суулаан кэбиһэбит. Үрдүгэр лавровай лииһинэн киэргэтэбит уонна холодильникка чаас курдук туруоран сойутабыт. Бу курдук саҥа дьыллааҕы остуол минньигэс уонна сонун аһа бэлэм буолла.
Тыллаах кытай салаата.
Тылбытын кытта бүтүннүү биир луугу, аҕыйах устуука төгүрүк биэрэһи, лавровай лииһи уонна туус кутан сымныар диэри буһарабыт, ол кэмҥэ соуспутун оҥоробут: 5 ньуоска соевай соуһу, 1 ньуоска ириис уксууһун, 3 ньуоска кунжут арыытын буккуйан баран кыратык туруора түһэбит, 2 устуука сибиһэй оҕурсууну чараас гына соломолуу кырбыыбыт. Арыыта суох хобордооххо кунжут сиэмэлэрин саһарыахтарыгар диэри ыһаарылыыбыт уонна оҕурсубутугар кутабыт. Петрушка эбэтэр кинза сэбирдэҕин кырбаан эбэбит уонна хаппыт аһыы биэрэһи бытарытабыт. 4 устуука чесногу илдьиритэн кутабыт уонна ол үрдүгэр бэлэмнээбит соуспутун буккуйабыт. Тылы ыраастаан оҕурсу курдук чараас гына кырбаан холбуубут. 5 мүнүүтэ туруора түһэбит. Олус минньигэс салат бэлэм.
Минньигэстик аһаан!