Сэтинньи 14 күнэ — Анемподист Иванович Софронов — Алампа төрөөбүт күнэ.
Уран тыл ууһа, Айар тыл аҕата алаас уола Алампа барахсан күн сирин көрбүт күнүнэн истиҥ төлөннөөх эҕэрдэ!
Саха дьоно!
Суон тиит курдук
Сомоҕолоһон сылдьан,
Сорукпутун ситиэҕиҥ,
Соргубутун тутуоҕуҥ! (Алампа)
Анеподист Иванович Софронов Сэтинньи 14 күнүгэр Боотурускай улууһун (Таатта) 1 Дьохсоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Саха литературатын төрүттээбит классик суруйааччылартан биирдэстэрэ уһулуччулаах суруйааччы, театры төруттээччи, бастакы сахалыы хаһыаттары, сурунаалы, тэрийсибит маҥнайгы суруналыыс, тылбаасчыт, кириитик, бөлүһүөк. Кини саха литературатыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн, бараммат ис хоһоонноох.
Сэтинньи 14 күнүгэр Соловьев нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтигэр П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччилэригэр, учууталлара Мавра Николаевна Поповалыын, библиотечнай уруок ыытылынна уонна «Төрөөбүт сирбэр, тапталлаах дьоммор» диэн кинигэ быыстапката турда. Оҕолор Анеподист Иванович олоҕун-дьаһаҕын, айар үлэтин туһунан билистилэр, маҥнайгы «Төрөөбүт дойду» хоһоонун уус-ураҥнык аахтылар ону таһынан блиц ыйытыктарга олус көхтөөхтүк хоруйдаатылар.
Биһиги биир дойдулаахпыт Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семенова Варвара Платоновна — Байбаралаах Балбаара Алампа»Сэрэх» хоһоонугар.
Алампа «Сэрэх» хоһоонугар
Алампалыыр убайбыт
Кэлэр кэми курдат таайан
Үүнэр үйэни өтө көрөн
Киирии омукка умсугуйан
Төрүт тылбыт бахтайан
Кэскилбит кэлтэйиэҕин
Кэмэлдьибит кэхтиэҕин
Сэмээр сэрэтэ сэһэргээбит.
Бүтүн үйэ нөҥүөлээн
Эҥсэ эппит тыллара
Кутаа уоту саҕардыы
Кыымы ыһа күөдьүтэн
Өркөн өйү өрүкүтэллэр.
Тоҕус уонтан ордубут
Тоҕус сылы куоһарбыт
«Кэрэ кэриэс тыллара
Кичэллэн туран кэскиллэнэр»
Амалыйбыт алгыстара
Аныаха дылы арчылыыллар.
Алампалыыр убайбыт
Араҕас сулус кэриэтэ,
Аргыс буола сирдьиттии,
Айыы дьонун арыаллыы,
Аартыктарын сырдатар.
Байбаралаах Балбаара