Билсиҥ, саҥа кинигэлэр.
Экспедиция. Кинигэҕэ ааптар, историческай наука доктора, профессор 1974 сылтан саҕалаан археологическай, этнографическай экспедицияларга үлэтин сырдатар.
Тыйаатыр. Дьиҥ кырдьыгынан. Сэргэх ырытыылар, артыыстар, режиссердар, драматурдар тустарынан ахтыылар болҕомтону тардаллар, умсугуталлар.
Ыал үөрэҕиттэн. Бу кинигэҕэ оҕолорбутун олоххо хайдах бэлэмнээх гына иитэрбитигэр эрэ буолбакка, аныгы төрөппүт бэйэтэ хайдах буолуохтааҕын туһунан аһаҕас кэпсэтии.
Экодухуобунай кут дабаан тускула. Бу дьоҕус кинигэҕэ ааптар билиҥҥи кэм тыын боппуруостарын туруорар. Сиэмэх уопсастыба, атын дойдулар айгыратар бэлиитикэлэрэ тугунан суоһуулларый?…
Роль Республики Саха (Якутия: в развитии Российской Федерации государственности. Книга состоит из материалов (докладов) участников круглого стола «Роль Республики Саха (Якутия) в развитии российской федеративной государственности», проведенного 12 апреля 2022г в рамках празднования 100-летия образования Якутской АССР в Институте государства и права РАН в г. Москва.
Кинигэҕэ Саха Сирин историятын (1921-1923 сс.) уустук уонна ситэ үөрэтиллэ илик боппуруостарыгар 1960-1980 сылларга буолбут өрөспүүбүлүкэ уонна Новосибирскай историктарын мөккүөрдэрэ, утарсыылара, хардарыта кириитикэлэрэ кылгастык сырдатыллар.
Олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэ «Ытык бичик». Кинигэҕэ Олоҥхоҕо олоҕурбут төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэр саха омуга былыр былыргыттан мунньан аҕалбыт, өссө да арыллыбакка сытар духуобунай баайын, Олоҥхо уонна Айыы таҥара алтыһыытынан ааптардар сонун, ураты көрүүлэрэ киирдилэр.
Создавая будущее. Серьезная значимость науки и инноваций в устойчивом развитии России, созидательный потенциал науки и образования для будущего республики и страны неоднократно становились предметом обсуждения власти, парламентариев, общественности по инициативе первого Президента Республики Саха (Якутия) Михаила Ефимовича Николаева.
В книге представлены архивные документы, статьи и воспоминания о видном государственном и политическом деятеле Якутии, одном из организаторов масштабных экономических, социальных и культурных преобразований Якутской АССР в 1930-е годя, внесшем неоценимый вклад в развитие государственности республики, секретаре Якутского обкома ВПК (б), председателе Президиума ЯЦИК, члене ЦИК СССР, депутате Верховного Совета СССР Александре Гавриловиче Габышевой (1899 — 1942гг).
Тыалырар салгыннаах олоҕум. Ааптар ааспыт уонна билиҥҥи кэмнэр көстүүлэрин тэҥнээн көрөн сыаналыыр хоһоонноро киирдилэр. Сүрүн миэстэни төрөөбүт тылга умсугутар, ийэҕэ-аҕаҕа сүгүрүйэр лириката ылар.
Хомурахха хоммут хоһооннор. Ааптар номоҕун хоһоонноругар Ийэ дойдутугар, төрөөбүт сиригэр-уотугар тапталын хоһуйар, бу олоххо киһи буолан үөскээбит аналын ырыҥалыыр. Бэйиэт чочуллубут тыла-өһө, сааһыламмыт санаалара ааҕааччыны умсугуталлар, кэрэҕэ, сырдыкка угуйаллар.
Таптыыбын төрөөбүт дойдубун. Хомуурунньукка төрөөбүт дойду туһунан ис хоһоонноох Өрөгөй ырыатыттан саҕалаан билиҥҥи кэм суруйааччыларын хоһоонноро талыллан киирдилэр. Бу хоһооннорго төрөөбүт төрүт буорбутуттан олох киэҥ аартыга саҕаланара кэрэтик хоһуллар.
Таптал күүһэ. Ааптар айымньытын иккис чааһыгар мүччүргэннээх олоҕун туһунан салгыы умсугутуулахтык сэһэргиир. Ааҕааччы эбээн норуотун күнү айхаллыыр Нөргүнэк диэн сүрүн бырааһынньыгын араас дьикти күрэхтэһиилэрин кытта билсиэҕэ, кутталаах сундуук кистэлэҥин арыйыаҕа.
Сборник «Гунилгэн хоктолин» включает произведения победителей Первого литературного конкурса посвященного, 70-летию известного ученого, эвенкийской писательницы Галины Варламовой Кэптукэ.
Верную ноту взять. Поэзию автора отличает абсолютный слух к музыке слова, звука ритму. В своих стихаха она с удивительной тонкостью передает все глубинные, тончайшие грани чувств.
Тыл үрдүк суолтата. Академик, философия билимин доктора, үгүс кинигэ автора поэт Александра Очирова айымньылара олоҕу бөлөһүөктүү анаараллар, киһи орто дойдуга туохха ананан кэлбитин, тыл үрдүк суолтатын туһунан судургута суох ыйытыыларга хоруй көрдүүллэр.
Номох уонна дьылҕа. Номохтор… Хаһан эрэ олорон ааспыт дьон дьылҕалара, үтүө үөрэхтэрэ, холобурдара номох, үһүйээн буолан үйэлэргэ хаалар буоллаҕа.
Саха саргыта. народнай поэт Серафим Кулачиков — Эллэй эһиил төрөөбүтэ 120 сылын туолар. Төһө да кэм кэрдии, бүтүн аан дойду тутула тосту уларыйбытын иһин, кини бэйэтин кэмин чулуу поэта буолара мөккүөрэ суох…
Дьолго дьулуһар буоллахха… Силиһин-мутугун, төрдүн-төбөтүн, умнан, төлкөлөөх түөрэҕэ олорбут сириттэн тэлэһийбит, төрөөбүт тылы, үгэһин ахсарбакка, төрүт эйгэтиттэн тэйбит киһи уйгулаах олоҕунан угуйа ыҥырар туспа-туора кытылгы тиксэн, сирдээҕи дьолун булуо, кэрэ кэскилин уһансыа, чэчирээн-чэлгийэн, үүнэн-сайдан омугун аатын ааттатыа дуо?
Боотур буолуом. Уолаттарга хоһооннор.
Булчуттар үгэстэрэ. Харахха көстөн кэлэрдии итэҕэтиилээхтик суруллубут номох кэпсээннэртэн уол оҕо айылҕалыын алтыһа, булт үгэстэрин албастарын иҥэринэ, айылҕа күүһүгэр итэҕэйэ суруллубатах сокуон диэн өйдүү уөрэниэҕэ.
Оҕо тулаайах. Бүлүү улууһун олоҥхоһута Харатаев Василий Осипович тылыттан П.Н. Дмитриев суруйбут «Оҕо Тулаайах» олоҥхотугар 15 саастаах уолан мүччүргэннээх, быһылааннаах сырыылара бухатыыр быһыытынан буһан-хатан тахсыыта ойууланар. Кинигэҕэ баар QR-куодунан киирэн, олоҥхону толорууну истиэххэ сөп.
Көһө һылдьар дьиэ. Север это такое интересное место, полное всяких чудес, неожиданностей, опасностей и приключений, где дома ездят, где простая веревка спасти от пурги, и где очень умные олени и собаки — первые помощники человека.
Сахалыы оонньуурдар. Кинигэҕэ саха төрүт оонньууларын уонна оонньуурдарын туһунан көрдөөх хоһооннор кииридилэр.
Ирбэт тоҥ кистэлэҥнэрэ. Ирбэт тоҥ хайдах үөскээбитэй. Тоҥ сир төһө халыҥнааҕый? Элбэх этээстээх таас дьиэлэр «атахтаахтар» дуо? Асфальга бөлкөйдөр тоҕо тахсалларый? Билиэн көрүөн баҕалаах Тургун уолчаанныын силиэстийэ ыытан ирбэт тоҥ кистэлэҥнэрин арыйарга бэлэмҥит?
Дьоруой уолаттарбыт. Арассыйа Дьоруойа буолбут саха хоһуун уолаттара — Александр Колесов, Филипп Евсеев, Алексей Неустроев, Дмитрий Егоров диэн кимнээҕий? Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буолалларый? Оҕо-оҕо курдук мэниктээн, аптамааттаах, саллааттаах оонньоон улааппыт уолаттар хайдах Дьоруой буолбуттарын туһунан бу кинигэттэн билиэҕин.
Саха суруйааччылара. Саха тылын, төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ уопуттаах учуутал Александр Тарасов олохтоох төрүт омуктар литератураларын төрүттээччи, норуот суруйааччыларын оҕолорго ураты методиканан билиһиннэрэр уопутун көмө ыйынньык, босуобуйа быһыытынан сырдатар 38 суруйааччы мэтириэтэ, кини туһунан биллиилээх дьон этиилэрэ сыанабыллара уонна ааптар анабыл хоһоонноро түмүллэн киирдилэр.
Волшебные сны. В сказочном мире юкагирской писательницы читатель вместе с главными героями отправится в таинственный мир духов и шаманов древнего северного народа.
Оотой-тоотой оҕолорго. Кырачаан оҕо күннээҕи олоҕор туттар-малларын: таптыыр оонньуурдарын, аһыыр иһитин-хомуоһун, ону тэҥэ сөбүлүүр астарын уонна сэп-сэбиргэл туһунан тэттик кээмэйдээх хоһооннор.
Рассказы о Якутии. Книга увлекает юных читателей во времена, которые остались позади: от времен Омогой Бая до недавнего прошлого. Рассказы об истории родного края расширяют кругозор позволяя погрузиться в историю и открывая горизонты будущего.