Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

САХА БАСТАКЫ БАЛЕРИНАТА АКСИНИЯ ВАСИЛЬЕВНА ПОСЕЛЬСКАЯ ТӨРӨӨБҮТЭ 100 СЫЛА

Саха бастакы балерината Аксения Васильевна Посельская ахсынньы 24 күнүгэр 1924 сыллаахха  Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Бүтэйдээх алааһыгар ааспыта. 

 А. В. Посельская айымньылаах суолун үс кэрдиис кэмҥэ түҥэтиэххэ сөп. Кини үҥкүү эйгэтигэр аан бастаан Саха балерината буолбута. 1940 с. Саха театрыгар музыкальнай-вокальнай коллективка үҥкүү салаатыгар киирбитэ. Кэлии специалистар салалталарыгар үөрэммитэ: балетмейстер С. В. Владимиров-Климо уонна педагог И. А. Каренин. Сэрии ыар сылларыгар, тымныы уонна аччык кэмҥэ элбэх устудьуоннары салгыы үөрэттэрэ сатаабатахтара. Отучча устудьуоннартан сэттэтэ эрэ үөрэхтэрин салҕаабыттара. Талааннаах Аксенияны салгыы Москватааҕы хореографическай училищеҕа үөрэттэрэ ыыппыттара. 1946 сыллаахха кини дойдутугар эргиллэн кэлэр, Саха сирин автономията 25 сылын туоларынан М. Жирков уонна Г. Литинскай «Полевой сибэкки» балет туруоруутугар бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланар. Бастакы национальнай балекка полевой сибэкки сүрүн партиятын эдэр балеринаҕа А. Посельскаяҕа сүктэрбиттэрэ. Онтон бэс ыйын 29 күнүгэр 1947 сыллаахха балет премьерата буолбута. «Социалистическая Якутия» хаһыакка Аксения Васильевна бэйэтин оруолун туһунан маннык суруйбута: «Мин бу оруолбун олус  сөбүлээн толоробун, тоҕо диэтэххэ, Саха норуота үҥкүүлүүр уйулҕата миэхэ чугас, геройум уобараһын айарга, элбэҕи ситиһэргэ күүскэ кыһалынным. Инникитин толоруубун өссө тупсарыам…». Саха кыргыттарыттан бастакынан Аксения Посельская сыанаҕа тарбахха туран классическай үҥкүүнү көрдөрдө. Бастакы табыллыбыт хардыы кинини сарсыныгар кынаттаата, ордук ыарахан: композитор Б. Асафьев «Бахчисарский фонтан» балетыгар Мария уобараһа. Балерина сценическэй олоҕо, А. Посельская уобарастара уонна тупсаҕай нүөмэрдэрэ Саха хореографиятын историятыгар хааллылар.

 Иккис кэм, бу сыанаттан түһэн баран А. В. Посельская музыкальнай- драматическай театр балет труппатын репетитора буолар. Кини репетиторскай үлэнэн муҥурдамматаҕа, бэйэтин уонна балетмейстер туруорааччы быһыытынан көрдөрбүтэ. «Ньургун Боотур» операҕа, Иван Гоголев «Дьулуруйар Ньургун Боотур» пьесатыгар, Грант Григорян «Хотугу сибэкки» драматыгар, Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуһун» драматыгар оригинальнай сахалыы үҥкүүлэри туруорбута. Профессиональнай үҥкүүһүт да, туруорааччы да быһыытынан, самодеятельнай искусство сайдыытыгар күүс- көмө буоларынан, тыа кулууптарыгар күүс- көмө буолбута. Ол курдук кини Чурапчыга, Уус- Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ уонна да атын оройуоннарга тахсан талааннаах ыччаты мунньан үҥкүү- битии туруорбута, тыла- өһө кэрэ эйгэтигэр умсугуйбута.

 Үһүс период-Саха культурнай- сырдатар училищетын хореография салаатын отделениетыгар преподавателлиир. Бу идэни арыйыы бастакы күннэриттэн кини тиһэх күннэригэр диэри кадрдары бэлэмнээһин уонна үҥкүү искусствотыгар педагог уонна тэрийээччи быһыытынан анаабыта. Училищеҕа 28 сыл үлэлээбит! Биэнсийэҕэ тахсан да баран  кини туох баар эппиэтинэһин, кэскилин өйдөөн, саҥа дьыалаҕа ылсан барбыта. Кини үөрэнээччилэрэ, иитиллээччилэрэ республика араас улуустарыгар: самодеятельнай уонна профессиональнай коллективтарга, толорооччуларга, салайааччыларга, музыкальнай оскуолаларга уонна училищеҕа, тыа кулууптарыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Аксения Васильевна Посельская талааннаах айар үлэтин бары кэмнэригэр үтүөкэн үүнүү- сайдыы, сиппит-хоппут, үөрэнээччилэрэ сирэйдэригэр- харахтарыгар салгыы үүнэн- сайдан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барыаҕа. Аксения Васильевна биһигини Саха народнай үҥкүүтүгэр уонна фольклорыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэппитэ.

Олохтоох бибилэтиэкэҕэ «Аксения Посельская — балерина» кинигэ баар, уларсан ааҕыҥ, сэргээҥ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *