Маастар-кылаас: сахалыы симэх.
Саха таҥаһын биир уратытынан кини киэргэллэрэ-симэхтэрэ буолар. Сахалыы киэргэллэр-симэхтэр куһаҕан тыынтан , туора харахтартан харыстыыр аналлаах буолан кыра оҕотуттан кырдьыар дылы киһини арыаллыыр.
Сэтинньи 27 күнүгэр олохтоох бибилэтиэкэҕэ сахалыы симэххэ маастар-кылаас буолан ааста. Маастар-кылааһы П.М.Васильев аатынан оҕо саадын иитээччитэ, нэһилиэкпит эмиэ биир бастыҥ мааны далбар хотуна, 5 оҕо иһирэх ийэтэ, 8 сиэн эйэҕэс эбэтэ, Евдокия Семеновна Сибирякова салайан ыытта.





Бу күн, бары олус кэрэ көстүүлээх сахалыы симэх комплектаах, саҥа дьоҕуру баһылаан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Евдокия Семеновнаҕа билиититтэн үлэстибитигэр махтанабыт!
Сахалыы таҥаспыт сайда турдун, «Сахалыы таҥаһым – мин харысхалым» диэн санаалаах таҥныахха, кини суолтата, харыстыыр, арчылыыр ураты күүһэ эбиллэ турдун, сүппэтин, симэлийбэтин!