Мырыла — диэн туох тылын билэҕин дуо?


Саха Сирин, Чурапчы улууһун, маанылаах айылҕалаах, тапталлаах Соловьевпут нэһилиэгэ административнай киинэ Мырыла диэн буолар. Онтон Мырыла диэн аат суолтатын билэр киһи аҕыйах буолуохтаах.

Мырыла — диэн былыргы хотугу эр киһи аата буолар эбит, ону бигэргэтэр Софронов Ф.Г. «Дохристианские личные имена народов Северо-Востока сибири» 1985 сыллаахха суруллубут кинигэтигэр баар. Бу кинигэни Е.А.Борисов аатынан улуустааҕы архыып-бибилэтиэкэттэн булан ааҕыахха сөп.

Сэһэн Боло кинигэтинэн сирдэттэххэ, былыр Саха бу сири була илигинэ, олорон ааспыт хоту киһитин аата буолуон сөп диэн сабаҕалыахха оруннаах курдук. Онтон эһиги тоҕо Мырыла диэн ааттаммыта буолуо дии саныыгыт, толкуйдаан?
Онон Мырыла — диэн хотугу эр киһи аата диэн бары билиэхтээхпит.
Ээ, сөп. Мырыла -диэн аат суолтатын билмэххэ бвар эбит