Уот дизелэ Мырылаҕа.
Пятницаҕа нэһилиэкпитигэр Якутскэнерго главнай инженера Михаил Васильевич Варейкис Чурапчы РЭС начальнига Владислав Филиппович Барашковтыын кэлэ сырыттылар. Мырылаҕа саҥа дизель туруохтаах сирин көрдүлэр, клуб кэннигэр турар сирин көрөн сөбүлэҥин биэрдэ . Дизельбит билигин Чурапчыга РЭС-кэ турар. Билигин дизелист Бахчанен Е.Ст. дизельгэ үлэлииргэ үөрэнэ сылдьар. Бу дизель кэллэҕинэ Мырыланы, Хахыйаҕы уонна Таатта улууhун Даайа-Амма бөһүөлэктэрин уотунан хааччыйар буолар. Онон сааскы, күhүҥҥү уот арахсыытыгар веернай графигынан уоттаах буолабыт.
Соловьев дьаһалтатын пресс-киинэ.