Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

«Кыайыы Знамята»

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах «Кыайыы Знамята» эстэпиэтэтэ салҕанар. Бүгүн Кыайыы знамята Мында5аайыттан Мырыла5а кэллэ нэһилиэкпит олохтоохторо — оҕолортон саҕалаан, ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ сүһүөххэ туран көрүстүбут.
Аан дойдуну аймаабыт, кыа хаанынан Ийэ сири ытаппыт, алдьархайдаах сэриини элбэх кыһалҕанан, өлүүнэн-сүтүүнэн биһиги эһэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт кырыктаах өстөөҕү кыайан, Улуу Кыайыыны уһансыбыттара быйыл өрөгөйдөөх 80 сылын туолар.
1945 сыллаахха Берлин куоракка Рейхстах үрдүгэр Сэбиэскэй саллааттар өстөөҕү кыайбыт бэлиэлэринэн кыһыл былааҕы харах уулаах «Ураа!» хаһыынан күөрэччи туппуттара.
Былааҕы Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Петр Сивцев, Илья Слепцов уонна Василий Монастырев күөрэччи тутан эдэр байыастарга өрө көтөҕүллүүлээхтик туттардылар.
Улуус баhылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччыта Мария Филипповна Кронникова, нэhилиэкпит баһылыга Виктор Иванович эҕэрдэлээн туран, Улуу Кыайыы 80 сылыгар Кыайыы өрөгөйө, ил-эйэ олоҕо тосхойоругар баҕа санааларын эттилэр.

Соловьев дьаһалтатын пресс-киинэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *