Саҥа дьыллааҕы остуолу киэргэтии
Саҥа дьылга дьиэбит иһин-таһын ыраастаан киэргэтэн, соһуччу бэлэхтэри оҥортоон, минньигэс ас арааһын астаан, чугас дьоммутугар аптаах, алыптаах кэми үөрэ-көтө атааралларын туһугар ис сүрэхпититтэн кыһаллабыт. Маны тэҥэ, быраһынньыктааҕы остуолбут киэргэтиитин эмиэ умнубаппыт. Истиҥник уонна кэрэтик тардыллыбыт остуол хараҕы үөрдэр, бырааһынньыктааҕы өрө көтөҕүллүүнү бэлэхтиир.
2025 сылы көрсөргө айылҕа матырыйаалларыттан турар ЭКО-истиилгэ болҕомтоҕутун ууруоххутун сөп. Айылҕа күрэҥ, үүт үрүҥ, от күөх, хара саарыл (фиолетовай) өҥнөрү туттарга сүбэлииллэр. Мастан оҥоһуллубут иһит-хомуос, лүөн матырыйаалтан тигиллибит остуол сабыыта, салфетка, остуол ортотугар тардыллар уһун синньигэс көбүөр, туойтан оҥоһуллубут иһит-хомуос олус биһирэнэр. Бу барыта сылаас, нус бараан эйгэни үөскэтэр. Мастан оҥоһуллубут тэриэлкэ анныгар бэс тиит, хатыҥ маһы чараас гына быһан тэриэлкэ анныгар ууруохха сөп. Остуолга ууруллубут харыйа лабаалара, эриэхэлэр, мастан оҥоһуллубут харыйа оонньуурдара, чүмэчилэр бырааһынньыктааҕы сандалыны өссө тупсаҕай оҥорор.
Минимализм — бу судургу, дьиппиэ истиил. Остуолу киэргэтэргэ үрүҥ, бороҥ, хара өҥнөөх иһит -хомуос биһирэнэр. Остуол сабыыта салфетка, элбэх ойуута-бичигэ суох, судургу соҕус буолуохтаах.
Ураты истиил (нестандартный стиль) — 2025 сылы көрсө саҥа истиил аан дойду дьонун-сэргэтин соһутта. Бу истиилгэ тэҥэ суох, араас быһыылаах-таһаалаах иһиттэр, киэргэтиилэр киирэллэр.
Ороһуостуба истиилэ — манна кыһыл, үрүҥ, от күөх өҥнөр хамаҕатык туттуллаллар. Ойуулаах остуол сабыыта, остуол ортотугар тардыллар уһун синньигэс көбүөр, харыйа лабаата, дьэрэкээн өҥнөөх харыйа оонньуурдара, араас өҥнөөх чүмэчилэр барсаллар.
Классика — бу истиилгэ биир өҥнөөх иһит туттуллар. Бүтүннүүтэ үрүҥ эбэтэр көмүс хаймыылаах иһит мэлдьи бырааһынньык үөрүүтүн биэрэр.
Сүбэ:
- Остуолга биир эбэтэр икки өҥнөөх салфеткалары дьүөрэлээн уурар табыгастаах. Саҥа дьыллааҕы ойуулаах-бичиктээх салфеткалар эмиэ үчүгэйдик көстүөхтэрэ.
- Чүмэчини эбэтэр харыйа лабаатын ыалдьыттар тэриэлкэлэригэр ууруохха сөп.
- Эриэхэлэринэн, чүмэчилэринэн, харыйа оонньуурдарынан араас композициялары оҥоруохха сөп.
- Эриэхэни араас кыраасканан ыстаран биэриэххэ сөп эбэтэр бэйэтин өҥүнэн хаалларан остуолга онон-манан уурталыахха сөп.
- Тыыннаах, искусственнай эбэтэр таас кырачаан харыйалар үчүгэйдик көстүөхтэрэ
- Остуолга харыйа оонньуурдара уратытык көстөллөр. Мастан, таастан оҥоһуллубут оонньуурдары онон манан тарҕатыҥ.
- Мас сирэйдээх остуолу саба сатаамаҥ, бэйэтинэн хаалларар ордук. Уһун-синньигэс остуол сабыытынан киэргэтиэххитин сөп.
Хас биирдии хаһаайка бырааһынньыктааҕы остуолун бэйэтэ айымньылаахтык сыһыаннаһан сөбүлүүрүнэн киэргэтэр буоллаҕа. Баар иһити-хомуоһу, малы-салы туһанан ураты да истиили айан таһаарыахха сөп.
2025 сылы үөрэ-көтө көрсүҥ!