Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

Саха үгэстэрэ

🔹Сарсыарда оронтон турарга уҥа атахха үктэниллэр, оччоҕо үүммүт күн айыы суолунан салаллар.

🔹 Уот иннигэр суунар — тараанар аньыы, аһыыр иһиккэ суунар — түктэри. Суунар киһиэхэ илии таһынан куппаттар, өлбүт киһини бэйэттэн араараары итинник кутан сууйаллар

🔹 Астан сиэрэ суох элбэҕи баһан ылыы — аньыы, хамыйаҕы остуолга умса уурар — тһктэри, иһэр ууга күлүгү көрүнүү — аньыы

🔹 Аһыы олорон улаханнык саҥарар, айдаарар түктэри — ас кута-сүрэ ыстанан, амтана сүтэр, иҥэмтиэтэ суох буолар.

🔹 Аһылыкка утары олорор киһиэхэ быһаҕы уһугунан уурбаттар. Киһиэхэ биитин бэйэҕэ хайыһыннаран, угунан биэриллэр.

🔹 Аһыыр остуол сирэйин охсор, тоҥсуйар — түктэри, уйгу-быйаҥ сүрэ кетер.

🔹 Атах таҥаһын маҥнай уҥа атахха кэтиллэр.

🔹 Атах таҥаһын куурдарга тумсун аллараа хайыһыннара уураллар, арай өлбүт киһи атаҕын өрө тэбэ сытар дииллэрэ.

🔹 Бэргэһэни хаһан да умса уурбаттар, аньыы, «Умса түс» диэн суолталанар.

🔹 Бэргэһэни тиэрэ кэппэттэр, мээнэ эргичитэ оонньооботтор, киһи өйө-санаата булкуллар.

🔹 Бэргэһэҕэ киһи кута-сүрэ иҥэр диэн, атын киһиэхэ биэрбэттэр, уларсыбаттар. Урут ыарыһах бэргэһэтин ойууҥҥа ыытан эмтэтэллэрэ, ыраастаталлара, онтон хара санаалаахтар өһүрбүт киһилэрин бэргэһэтин коран эбэтэр былдьаан ылан кырыыска үтэйэллэрэ.

🔹 Аньыы — атаҕы соһон хаамыы, дьиэ эркинигэр, ордук ааҥҥа тайанан туруу, киһи иннигэр тыыллаҥнааьын, кэтэх тардынан олоруу.

🔹 Дьиэ ис бараанын солуута суох тонсуйбаттар, охсубаттар — дьиэ иччитэ киҥнэнэр, дьиэлээхтэргэ өһүрэр, өһүргэнэр.

🔹 Дьиэ халҕанын, аанын тэбиэлээбэттэр, дьиэ иччитэ соһуйар, өмүрэр.

🔹 Сүппүт быһаҕы буллахтарына, уһугунан туһаайан сытар буолла5ына, эргийэ хааман кэлэн, маска батары охсуллар; угунан сытар эбэтэр сиргэ батары анньыллыбыт быһаҕы эрэ ылыахха сөп.

🔹 Босхо кэлбит этитиилээх буолар дииллэрэ. Онон сиртэн булуллубут харчыны, көмүһү иҥэрбэккэ, атын дьоҥҥо иэс, бэлэх биэрэн, тэйитэ сатыыллара.

🔹 Бэлэх-туһах ылсыы-бэрсии эмиэ туспа сиэрдээх. Быһаҕы, сиэркилэни үчъгэйдик саныыр дьонтон эрэ бэлэх ылыллар. Сорох быһах хааҥҥа ымсыы буолар, ол иһин быһаҕы бэлэх ыларга дьэс харчыны утары уунуллар. Сиэркилэҕэ тиһэх көрүммүт дьон куттара иҥэр дииллэр, онон кинилэр аньыылара-харалара көһүөн сөп.

Этэҥҥэ буолуҥ!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *