Муниципальное казенное учреждение культуры

Соловьевская библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Мырыла, ул. Амгинская, 55

Саҥа 2025 сылы хайдах көрсөбүт?

Илиҥҥи халандаарынан 2025 сыл – от күөх мас моҕойун сыла буолар. Астрологтар этэллэринэн бу сыл үгүс элбэх уларыйыылары аҕалыан сөп. Кэлэр сыл барыта этэҥҥэ буоларын курдук саҥа дьылбытын хайдах дьаһанан көрсөбүт?

Моҕойу, илиҥҥи дойду култууратыгар олус муударайын, оҕуруктаах өйдөөҕүн, тулуурдааҕын сыаналаан талисман оҥостоллор. Онтон аан дойду уус уран айымньыларыгар моҕой сөптөөх суолу ыйааччынан, үтүө сүбэһит быһыытынан көстөр. Итинтэн сиэттэрэн этэр эбит буоллахха бу кэлэр сылга аа-дьуо барытын ырыҥалаан, быһаарыныыны тиэтэйбэккэ толкуйдаан ылынар ордук диэн астрологтар сүбэлииллэр.

Моҕойу кыыһыртахха, куттаатахха сүлүһүннээх дьааттаах тииһинэн түһэрэ мөккүөрэ суох. Эрээри быйылгы сыл хаһаайката от күөх дьүһүннээх мас олохтооҕо буолар. От күөх дьүһүн нус-хас, уйгу-быйаҥ, үүнү-сайдыы бэлиэтэ буолар.

Алаһа дьиэбит дьолунан туоларын туһугар хайдах киэргэтэбит?

Бастатан туран ааспыт сыллар бэлиэлэрин хомуйабыт. Моҕой күнүүһүт айылгылаах буолан тиэрэ хаһыйыан сөп. Дьиэбитин араас от күөх үүнээйинэн киэргэтэбит. Илиҥҥилии бонсай мас, суккулент үүнээйи, норуокка биллэринэн “денежнай”, “долларовай” сибэккилэр буолуохтарын сөп. Фэн-шуй үөрэҕэ этэринэн дьиэбит соҕуруулуу-илин хайысхатыгар бытархай харчыны уурдахпытына уйгуну-быйаҥы аҕалар. Уонна биллэн турар, моҕой ойуулаах сувенирдар, халандаар уо.д.а. дьиэ киэргэлэ уруйданар.

Тугу кэтэбит?

Моҕой кэрэ дьүһүннээх харамай. Ол иһин саҥа дьылы көрсөр түүн бэйэ бодотугар барсар, күннээҕи уобарастан арыый да тахсан тупсаҕай көстүүлээх буоларга дьулуһуохтаахпыт. Бу сылы көрсөргө араас кылабачыгас дьүһүннээх моҕой тириитигэр маарынныр былааччыйа, моҕой дьүһүннээх киэргэл кэтэн көрүстэхпитинэ сыл хаһаайката бэттэх көрөн мичик кынан дьолу тосхойуо. От күөх, сиэрэй, бороҥ, маҥан уо.д.а. нус-хас дьүһүннэри таларга сүбэлииллэр. Онтон кыһыл өҥтөн туттунар ордук. Үрүҥ көмүс уонна натуральнай таастартан оҥоһуллубут киэргэллэр хайаатар да саҥа дьыллааҕы уобараһы тупсаран биэриэхтэрэ. Онтон эр дьоҥҥо дизайнердар сиэрэй дьүһүннээх көстүүм кэтэргэ сүбэлииллэр.

Остуолбутун хайдах тардабыт?

Бырааһынньыктааҕы остуол бэйэтин тула дьиэ кэргэни мунньар алаһабыт ытык миэстэтэ буолар. Ыал ийэтэ дууһатын ууран туран астаабыт аһа иҥэмтэлээх, минньигэс, ыалдьыбыты да атаҕар туруорар аптаах күүстээх. Остуол киэргэтиитигэр эмиэ от күөх, үрүҥ көмүс элегантнай өҥнөр баһыйаллара ордук. Бүлүүдэлэртэн илиҥҥилии араас тумалаах оҕуруот аһыттан салаттар, куурусса этэ элбэҕэ биһирэнэр. Онтон биһиги саха омук буоларбыт быһыытынан төрүт аспыт-үөлбүт бырааһынньыктааҕы остуол сүрүн бүлүүдэлэрэ буолаллар. Бу сырыыга эт аһылыктары элбэх от күөх оҕуруот аһынан киэргэтиэххэ сөп.

Тугу бэлэхтиибит?

2025 сылы көрсө чугас дьоммутугар араас ювелирнай киэргэллэри бэлэхтиир оруннаах. Оҕолорго минньигэс бэлэҕи кытары сахалыы харысхал, илиинэн оҥоһуллубут мээккэй оонньуур. Духи уонна косметика бэлэх уунартан туттунар ордук. Ол оннугар сүргэни көтөҕөр сынньалаҥҥа, холобур тыйаатырга, кэнсиэркэ билиэт, путевка уо.д.а. олус бэртээхэй бэлэх буолуо.

Бу сылтан тугу күүтэбит?

Астрологтар этэллэринэн бу сыл аан дойдуга да, биирдиилээн да дьон олоҕор үгүс уларыйыылары аҕалыаҕа. Онтон мөкү ду, үтүө ду өттүгэр буолара бэйэбититтэн тутулуктаах. Дьылҕа имнэнэр кэмнэрин сөпкө таба тайаннахпытына дьыалабыт-куолубут табыллар. Онтон барытыгар ээл-дээл сыһыаннастахпытына үгүһү куоттарыахпытын сөп. Моҕой курдук тулуурдаахтык көһүтэн сөптөөх кэмигэр хамсаныах тустаахпыт. Туһулаах сыл бастакы уонна үһүс кэрдииһигэр өрөйөн-чөрөйөн сылдьыахтаахпыт. Бу сыл ыал буолууга, оҕо төрүүрүгэр, саҥа дьиэҕэ көһөргө, үлэни уларытарга табыгастаах дьыл.

Саха дьонун сиэринэн саҥа дьылы аал уоту оттон, арыылаах алаадьынан күндүлээн туох баар бары үтүө санаабытын Айыыларга тиэртэхпитинэ сылбытын этэҥҥэ туоруохпут, баҕарар баҕа санаабыт барыта туолуо. Хас биирдии алаһа дьиэҕэ или-тапталы, уйгуну-быйаҥы! Хас биирдиигит саҥа сылы көрсө толкуйдаабыккыт тобулуннун, санаабыккыт сатанан истин!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *