Тохсунньу 17 күнүгэр Петр Митрофанович Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын оҕолоругар таҥха ыйын туһунан сиһилии билиһиннэрии буолан ааста. Түмүгэр, оҕолор сэрэбиэйдэнэн “Үтүөнү түстүүр, үөрүүнү саҕар” кинигэни арыйан, ааҕан, билгэлэннилэр.
Афиша событий и мероприятий
Свежие новости
Нэһилиэкпитигэр ыытыллар «Түмсүү уонна Кэриэстэбил» сылын саҕалыыр маҥнайгы тэрээһиммит тохсунньу ый 15 күнүгэр күнүс 16 ч. Петр Митрофанович Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын МАСТЕРСКОЙ дьиэтигэр «Дьахтар олоҕу түстүүр»- диэн соруктаах төгүрүк остуол тула олорон «Күбэйэ» дьахтар түмсүүтүн , «Матери России» сана састааптарын талыы быыбара уонна инники былааннарын, үлэлэрин кэпсэтии тула нэhилиэкпит кэрэ аҥардара муhуннубут. Төгүрүк […]
Тохсунньу ый 7 күнүгэр “Ороһооспо 2025″ Д.М.Васильев аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр тымныы оҕонньор бирииһигэр аһаҕас бильярд уонна дартс күрэхтэрэ буолан аастылар. Күрэх түмүгүнэн дартска 1 миэстэни ылары ситистэ Степан Афанасьевич Попов, 2 миэстэ буолла Егор Ефимович Ефремов, 3 миэстэни Владимир Иванович Собакин ылла. Бильярдка 1 миэстэни Василий Николаевич Яковлев, 2 миэстэни Петр Петрович […]
Экспедиция. Кинигэҕэ ааптар, историческай наука доктора, профессор 1974 сылтан саҕалаан археологическай, этнографическай экспедицияларга үлэтин сырдатар. Тыйаатыр. Дьиҥ кырдьыгынан. Сэргэх ырытыылар, артыыстар, режиссердар, драматурдар тустарынан ахтыылар болҕомтону тардаллар, умсугуталлар. Ыал үөрэҕиттэн. Бу кинигэҕэ оҕолорбутун олоххо хайдах бэлэмнээх гына иитэрбитигэр эрэ буолбакка, аныгы төрөппүт бэйэтэ хайдах буолуохтааҕын туһунан аһаҕас кэпсэтии. Экодухуобунай кут дабаан тускула. Бу дьоҕус кинигэҕэ […]
Таҥха – Күрүө Дьөһөгөй Айыы сэттэ ини-биилэриттэн биирдэстэрэ. Таҥха ааспыты аттаран, былыргыны ырытан, билиҥҥи олоҕу кытта тэҥнии тутан, кэнэҕэски кэлэр кэмнэри кэскиллээн көрөр улаҕалаах өйдөөх таҥара диэн саха билиҥҥи чинчийээччилэрэ быһаараллар. Таҥха кэмэ тохсунньу 7 күнүттэн –19 күнүгэр диэри. Ороһуоспа күн уот оттооччу сүллүүкүттэр тахсаллар. Оттон 9-11 чыыһылаларга кэргэттэрэ, оҕолоро-уруулара, кырдьаҕас өттүлэрэ, кыамматтара тахсаллар диэн […]
Саха бастакы балерината Аксения Васильевна Посельская ахсынньы 24 күнүгэр 1924 сыллаахха Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Бүтэйдээх алааһыгар ааспыта. А. В. Посельская айымньылаах суолун үс кэрдиис кэмҥэ түҥэтиэххэ сөп. Кини үҥкүү эйгэтигэр аан бастаан Саха балерината буолбута. 1940 с. Саха театрыгар музыкальнай-вокальнай коллективка үҥкүү салаатыгар киирбитэ. Кэлии специалистар салалталарыгар үөрэммитэ: балетмейстер С. В. […]
Саҥа дьылга дьиэбит иһин-таһын ыраастаан киэргэтэн, соһуччу бэлэхтэри оҥортоон, минньигэс ас арааһын астаан, чугас дьоммутугар аптаах, алыптаах кэми үөрэ-көтө атааралларын туһугар ис сүрэхпититтэн кыһаллабыт. Маны тэҥэ, быраһынньыктааҕы остуолбут киэргэтиитин эмиэ умнубаппыт. Истиҥник уонна кэрэтик тардыллыбыт остуол хараҕы үөрдэр, бырааһынньыктааҕы өрө көтөҕүллүүнү бэлэхтиир. 2025 сылы көрсөргө айылҕа матырыйаалларыттан турар ЭКО-истиилгэ болҕомтоҕутун ууруоххутун сөп. Айылҕа күрэҥ, үүт […]
4. Онтон боробулуоханан дьардьаматын оҥоробут. Ону баатанан эрийэн баран, ыһыллан хаалбатын гына сабынан кэлгийэн кэбиһэбит. Бу курдук быһыытын таһааран эттээн-сииннээн биэрэбит. Ол кэнниттэн сирэйин килиэйдиибит. 5. Клейстер оҥоробут: крахмалы кыра тымныы ууга кутан булкуйабыт. Ол үрдүгэр оргуйбут итии ууну кутан эмиэ үчүгэйдик булкуйабыт. 6. Таҥаһын оҥорорго баатаны чараас гына сыбаан сонун, ыстаанын, бэргэһэтин, үтүлүгүн, хаатыҥкатын […]
Доосо айымньылара аныгы ааҕааччыларга улахан дьайыыны оҥорор кыахтааҕын туһунан литературнай кириитик, суруйааччы Д.В. Кириллин: “Саха сирин билиҥҥи көлүөнэ суруйааччыларыттан, айар үлэҕэ киэҥ биһирэбили ылбытынан поэт,прозаик, публицист, литературнай критик уонна чинчийээччи, биллэр общественнай деятель Иван Егорович Федосеев буолара. Кини аатын саха ааҕааччылара, саха норуота бүттүүнэ хаһан да умнуо суоҕа”, – диэн бэйэтин ахтыытыгар түмүк оҥорбута сөптөөх. […]